Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун киинигэр Өлөөҥҥө Россия Президенин быыбарыгар дьон-сэргэ кыттыыта олус көхтөөх. Ол туһунан быыбары кэтээн көрөөччү Иван Михайлович Уаров бэлиэтиир.
“- Буола турар Россия Президенин быыбарыгар Саха сирин общественнай палататыттан кэтээн көрөөччүнэн үлэлээтим. Россия Президенин быыбара биһиэхэ, 485 №-дээх Өлөөннөөҕү быыбардыыр учаастакка, сүрдээх дьоһуннаахтык, үчүгэйдик тэриллэн үлэлии турар. Бастакы, иккис күҥҥэ дьон-сэргэ быыбарга кэлиитэ олус көхтөөх, онон быыбардааччылар үксэ бастакы икки күҥҥэ быыбардаатылар. Тэрээһин үчүгэй, хамыыһыйа үлэһиттэрэ эдэр дьон, хас биирдии киһиэхэ олус болҕомтолоохтук, элэккэйдик сыһыаннаһаллар. Мин көрүүбэр быыбар сокуонун кэһии тахсыбата. Бүгүҥҥү бүтэһик күнү бу курдук эриэ-дэхси үчүгэйдик быыбардаан дойдубут Президенин талыахпыт диэн эрэллээх олоробун” – диэн Уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү Иван Уаров кэпсиир.