Өлөөн сэлиэнньэтин олохтоохторун таһаарар бөхтөрүн-сыыстарын хомуйааччынан биэс сылтан бэттэх олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар коммунальнай тэрилтэ (дириэктэр Михайлов В.В., маастар Бятинский В.В.) үлэлээбитин кэнниттэн сэлиэнньэ бөхтөн-сыыстан босхолонон ыраас буолуута хааччылынна.
Олохтоох бэйэни салайынар дьаһалтаны кытта (баһылык Романов В.Н.) дуогабарынан сыһыаннаһыыларга киирэн 25 анал контейнернай былаһааккалар оҥоһуллан үлэлииллэрэ ситиһиллибит. ГАЗ-КО 440 биир массыынанан (суоппар Алексей Кучаров, көмөлөһөөччүтэ Иннокентий Иванов) тиэхиньикэлэрин үчүгэйдик көрөн-истэн, кыһыннары-сайыннары график быһыытынан контейнернай былаһааккалартан бөх-сыыс бириэмэтигэр тиэллэрэ хааччыллар буолла.
Маны таһынан олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар коммунальнай тэрилтэ нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр таһаарар араас тутуу матырыйаалларын, тобохторун убаҕас отходтарын (МБО) тиэйэн таһаарарга 2 единица МТЗ-82 трактордаах, 4 киһилээх биир биригээдэ: Бурнашев Николай, Захаров Андрей, Попов Юрий, Сергеев Михаил састааптаах сылы быһа тэрилтэлэр уонна нэһилиэнньэ сакааһын толорууга бэриниилээхтик үлэлээн кэллилэр.
«Сардаҥа» хаһыат кэрэспэдьиэнэ коммунальнай тэрилтэҕэ ыытыллар хаһаайыстыбаннай үлэлэри салайан үлэлэтэр маастар Владислав Бятинскэйи көрсөн, Өлөөн сэлиэнньэтигэр ыытыллар ырааһырдыы, уларыта тутуу үлэлэргэ туох ыарахаттар баалларын туһунан ыйытык оҥорбукка, кини уопсай күүһүнэн нэһилиэнньэ уопсай правовой култууратын үрдэтиигэ, нэһилиэнньэ өйүн-санаатын дьон үлэтин сыаналыыр буолалларыгар үөрэтии наадатын бэлиэтээтэ.
Холобурун ыллахха, нэһилиэнньэ сорох пакеттаах тобох кутуллар контейнерыгар убаҕас тобохторун куталлара эбэтэр контейнеры кыайан арыйбат оҕолорунан тобохтоох пакеты биэрэн, оҕолор тобохтоох пакеттары сиргэ хаалларыыларын суотугар ыттар контейнернай былаһаакка таһын киртитиилэрэ таһаарыллар.
Маны тэҥэ Өлөөн сэлиэнньэтэ үүнэн-сайдан истэҕин ахсын саҥа уулуссалар тиэргэннэригэр олохтоох дьаһалта саҥа тупсаҕай контейнернай былаһааккалары тутан үлэҕэ киллэрэн иһиитэ ирдэнэр, диэн Владислав Бятинскэй санаа атастаста.
Николай Стручков