Хоту дойду кыһына хаар үллүктээх, дьүкээбил дьиримнээх, сааһа ылааҥы күннэрдээх, сайына кэрэ сибэкки киэргэллээх, күһүнэ көмүс солотуулаах, ырыаҕа ылланар дьикти кыраай буоллаҕа. Ол иһин даҕаны, маннык дойдуга төрөөн-үөскээн олордохторо айылҕаттан талааннаах, үлэһит туруу дьон, айылҕалыын алтыһан, дьыл-кэм уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн таҥас-сап тиктэн, оһуор анньан, көһөр тэрил, быа-туһах оҥостон, айан-сырыы сыарҕатын уһанан.

Мин бүгүн кэпсиир далбар хотунум тарбаҕар талааннаах, ыал мааны ийэтэ, билигин Дьокуускай куоракка олорор. Дьэлиҥдэ төрүт олохтоохторо Петр Герасимович, Марфа Петровна Николаевтарга  бастакы оҕонон төрөөбүтэ.  Кинини төрөппүттэрэ эрэллээх эркиммит, хойут ааппытын ааттатар мааны киһи буоллун диэн Надежда диэн сүрэхтээбиттэр.

Надя кыыс оҕо сааһа киинэ түспүт Дьэлиҥдэтигэр ааспыта. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан барыга бары көхтөөх буолан бииргэ улааппыт, үөрэммит доҕотторугар убаастанар киһи. Надя бииргэ төрөөбүттэрэ Домна, Алексей, Герасим, Владимир, Петр, Марина, Христина, Прокопий Николаевтар бары олохторун булбут түс-бас ыаллар. Надялаах төрөппүттэрэ бэйэлэрин оҕолорун таһынан Соломонова-Егорова Зоя Степановна, Герасимова Наталья Степановна диэн тулаайах кыргыттары иитэн улаатыннарбыттара. Бу бэйэтэ туспа дьылҕа, хорсун санааны, кыаммакка- кыраҕа амарах сыһыан холобурун туоһулуур  олоҕу олорон ааспыт ыаллар буолаллар.

Надя орто дойдуга кэлбит аналынан Степанов Анатолий Спиридоновичтыын ыал буолан үс оҕолоохтор: Дуся, Наташа, Григорий. Степановтар улахан кыыстара Евдокия культура уонна искусство коллеһын, Институт судаарытыбаннай администрирование үнүстүтүүтүн үөрэнэн бүтэрбитэ, юрист идэлээх. Евдокия кэргэнинээн Алексей Дмитриевичтыын икки оҕолоохтор: кыыстара Виолетта — 9, уоллара Толя — 3 кылааска үөрэнэллэр. Күтүөт Алексей Дмитриевич Удачнайга слесарынан үлэлээбитэ, билигин Ньурба хайаны байытар комбинакка слесарь-ремонтнигынан үлэлиир.

Иккис  кыыс Наталья эдьиийин батыһан идэтинэн эмиэ юрист, кыыһа Надя Дьокуускай куорат 32 нүөмэрдээх оскуолаҕа 11 кылааска үөрэнэр.

Уоллара Григорий Дьокуускайдааҕы коммунальнай тутуу техникумугар үөрэнэн “Техник-теплотехник”  идэлээх. Билигин Дьокуускайга “Телоэнергия” АУо Октябрьскай энергорайоҥҥа маастарынан үлэлии-хамсыы сылдьар.

Аҕалара Анатолий Спиридонович Степанов 1999 сыллаахха Мииринэй куоракка үлэ биржатын нөҥүө  үөрэнэн “водитель-белазист” идэтин баһылаан 2000-2018 сылларга Анаабырдааҕы хайаны байытар комбинакка үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Надежда Петровна Дьокуускайга олорор, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэ иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк  кыттар, Алдантан төрүттээх  Яковлева Маргарита Прокопьевна салайар “Хэглэн” этно-фольклорнай ансаамбылын кыттыылааҕа. Иллэҥ кэмигэр иистэнэр, араас тэрээһиннэргэ өрүү көхтөөхтүк кыттар. Надежда Петровна араас таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттар, эбэҥкилэр Бакалдын бырааһынньыктарыгар тэриллэр быыстапкалар хас да төгүллээх дипломаннара, анал номинациялар хаһаайкалара.

Надежда Петровна итинник быыстапкаларынан муҥурданан хаалбакка, үлэтин өссө улаатыннаран, айан-тутан 2020 сыллаахха Москва куоракка сылын аайы ыытыллар “Сокровища Севера” бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа кыттан “Лучшее произведение национального искусства”, в номинации “Вышивка и изделия из бисера” анал бириискэ тиксибитэ. Надежда Петровна “Хэглэн” ансаамбылын кытта Бурятия норуотун Ольхон куоратыгар ыытыллыбыт Арассыыйа Эбэҥкилэрин Улахан  Сугулааннарыгар кыттан турар. Онно эбэҥкилии таҥаһы киэҥ эйгэҕэ көрдөрөн “Прикладное творчество и модные аксессуары в стиле этно” диэн номинацияҕа “ЭВЭДЫ  ДЮГУ” диэн анал аат 2-с степеннээх Дипломун тутан үөрүү өрөгөйүн билбитэ.

Бу күннэргэ Надежда Петровна биир дойдулаахтарын өссө төгүл үөртэ. Ол курдук, ахсынньы 5 күнүгэр  Бурятия Улан-Удэ куоратыгар ыытыллыбыт 6-с регионнар икки ардыларынааҕы “Нимҥакаан-2023” эбэҥкилии фестиваль-куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан “Хэглэн” этно-фольлор ансаамбыл   кыттааччылара “За этнографическую ценность и качество обработки фольклорного материала” диэн анал аат хаһаайкаларынан ааттанан кэллилэр.

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун норуотун Маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарын Маастара Надежда Петровна ситиһиитэ быйылгы төрөөбүт Өлөөнүгэр эбэҥки тылыгар анаммыт сылга улахан ситиһии, эбэҥки норуотун тыла, үгэһэ сайдарыгар улахан тирэҕи, эрэли үөскэтэр.

Надежда кыргыттара ийэлэрин, сиэннэрэ эбэлэрин туйаҕын хатаран иистэнэллэр, удьуор утумун салгыыллар, былааннара киэҥ, тириинэн, тыһынан иистэнэр баҕа санаалаахтар. Надя олус сэмэй, киэҥ-холку майгылаах, ыал мааны ийэтэ, чугас дьонугар үтүө сүбэһиттэрэ. Күндү киһибит, талааныҥ өссө сайда турдун, туппутуҥ тупсан истин, кэнчээри ыччатыҥ кэҥии турдун диэн алгыс тылынан алгаатаҕым буоллун!

Надежда Колодезникова

Читайте дальше