Бу, саха эдэр уолун сүтүктээх быһылаан, биллэн туран, барыбытын аймаата. Онто да суох саханы элбэтэр, сайдыыны уһансар эдэр дьоммут, суһал байыаннай дьайыыга кыайыыны уһанса сылдьар, биһиги бары бүттүүн айманар ыар кэммитигэр, бэҕэһээҥҥи курдук түгэн, биһигини ыспата буоллар.
Сүтүктээхтэргэ — ыар сүтүк, кутурҕаммытын холбуубут. Улуу дьоммут, бөлүһүөктэрбит этэллэрэ — саха киһитэ киэҥ көҕүстээх. Онон уолаттарбыт, эр дьоммут сөпкө быһаарыныахтара диэн бүк эрэнэбин. Ол курдук, уолҕамдьы быһаарыныыттан дьайыылары, түмсүүлэри оҥорортон туттунуохха наада. Ол аата, бас бэринии диэн буолбатах, эҥин араас провокацияҕа киирэн биэрбэккэ сөпкө дьаһаныы дии саныыбын. Тустаах уорганнар сөптөөх сыананы биэрэннэр дьыаланы быһаарыахтара. Онон, биир дойдулаахтарым, саха норуотун долгуйуутун тохтотуоҕуҥ, оҕолорбутун, кэргэттэрбитин, бырааттарбытын харыстааҥ диэн ыҥырабын.
Ийэ, эбээ Александра Елисеевна Винокурова,
Өлөөн, Ньурба