Үрүҥ көмүс күлүм чаҕыл үтүө күнүгэр, Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — Оҕо аймах сылларыгар анаммыт Ырыа куттаах, истиҥ иэйиилээх ырыаһыт-автор, «Өлөөн эбэ үрдүгэр» I оройуоннааҕы cахалыы ырыа «Авторскай ырыа», Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Этигэн хомус» эстраднай ырыа күрэҕин номинацияларын кыайыылааҕа Станислав Семенов 55 сааһыгар анаммыт ахтыы киэһэтэ Александр Иванов аатынан «Илкит» Этнокультурнай Кииҥҥэ, 2024 сыл, бэс ыйын 11 бэлиэтэннэ.
Өлөөн кэрэ айылҕатын туойан Ырыа гынан көтүппүт Станислав Семенов өрөгөйдөөх үбүлүөйүн Ытык күнүгэр, оскуолаҕа үөрэммит үөлээннээхтэрэ, оройуон, өрөспүүбүлүкэ культуратын эйгэтигэр 26 сыл устата айымньылаахтын үлэлээн кэлбит коллегалара, үөрэтэн-такайан кэлбит оҕолоро түһүлгэни төрүттээн, аймах дьоно аат ааттаан айхаллаары бу самаан сайын сайаҕас киэһэтигэр ахтан-санаан аастылар.
Бу олордоххо, Станислав 1969 сыллаахха Улуу Туймаада хочотун дьоллоох туонатыгар олохсуйан олорбут 3 кыыс оҕолоох өрөспүүбүлүкэтээҕи хара суох оҕолор оскуолаларын уһуйааччыта Мария Николаевна уонна Тыа хаһаайыстыбатын техникумун хаһаайыстыбанай чааһын директоры солбуйааччыта Прокопий Игнатьевич Семеновтар дьиэ кэргэнигэр 4 оҕоннон Күн сирин көрбүтэ Станислав, Стасик диэн Күн Күбэй ийэм эһэтин Ыстааһай, Польшаттан төрүттээх политсыльнай аатынан сүрэхтээбиттэрэ. Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ куоракка үлэлии сырыттахтарына, Прокопий Игнатьевиһы дойдутугар ыҥыран Киносеть тэрилтэтин арыйан директорынан үлэлээн саҕалаабыта, 1973 сылтан Оройуоннааҕы культура дьиэтин директорынан анаммыта, Мария Николаевна Өлөөн Орто оскуолатын үөрэх чааһыгар директоры солбуйааччынан уонна саха тылын уонна литературатын учууталынан айымньылаах үлэлэрэ саҕаламмыта.
Стасик аҕата Прокопий Игнатьевич Семенов салайааччылаах, культура үлэһиттэрэ Агафья, Владимир Захаровтар, Эдуард Семенов араас мүччүргэннээх сырыылары сылдьан Өлөөн талааннаах оҕолоро: Проня Павлов, Алеша Сергеев, Наташа Захарова уонна Надя Семенова, Өлөөн чаҕылхай сулустара: Майя Иванова-Попова, Светлана Фадеева, Алина Шишигина, Евдокия Григорьева, Анна Павлова, Владимир Касрадзе.
Прокопий Игнатьевич Семенов салайааччылаах гастрольнай биригээдэ репертуара сылтан сыл аайы байытылларыгар болҕомтотун уурара. Ол курдук, «Кэнчээри» вокальнай инстументальнай ансамбль салайааччытын Прокопий Игнатьевич Владимир Червинскайы Украинаттан көһөрөн аҕалбыта уонна «Кэнчээри» вокальнай ансамбылы төрүттээн күүстээх үлэ саҕаламмыта.
Бу ансамбль састаабыгар бырааттыы Петровтар: Юрий,Степан, Василий,Сергей Спиридонов буолан элбэх да араас улуустарынан сылдьыбыт эбиттэр: Нам, Мэнэ-Ханалас, Орджоникидзевскай, Амма, Чурапчы, Кэбээйи, Үөһээ-Бүлүү, Бүлүү куората уонна да атын оройуоннарынан Өлөөн культуратын билиһиннэрбиттэрэ. Аны айанныыр да көлөлөрө араас грузовой бортовой да массыына, трактор, самолет, вертолет бу манны барытын гастрольнай бригада салайааччыта булан талан ханна да хаартарбакка былааннарын толорон үөрүү-көтүү аргыстаах, сылайары-элэйэри билбэккэ, үрдүк ситиһиилээх дойдуларыгар төннөллөрө. Стасигы олох кыра эрдэҕинэ бииргэ гастролга сылдьыбыт Прокопий Павловка ахтан-санаан ааста.
Стасик олох кыра эрдэҕиттэн айылҕаттан наһаа артистичнай, имигэс хамсаныылаах, баай мимикалаах буолан улааппыта, Культура эйгэтигэр үлэлиир аҕалаах буолан оройуон гастрольнай биригээтин састаабыгар киирсэн сценкаларга киирсэн оонньуура, биирдэ ийэтэ Мария Николаевна Сайсары монологун толороору Алина Шишигина гримнээбитин көрөн, олох куттанан ытаабытын өйдүүбүн, 1975 сыллаахха Улуу Кыайыы үбүлүөйүн көрсө аҕабыт Стасикка «День Победы» ырыатын үөрэтиэххэ наада-диэбитэ, ону ийэм Мария Николаевна үөрэтэн ити райком утары кэнсиэр нүөмэрдэрин көрдөрөр түһүлгэ оҥорооччулар, онно ыллаабытын баҕар ким эрэ өйдүүрэ буолуо.
Ол курдук, аан-бастаан детсакка сылдьан 1975 сыллаахха Александра Пахмутова, Николай Добронравов саҥа айбыт ырыаларын ыллаан аан бастаан сүрэхтэниитэ «День Победы» диэн ырыаны ыллаан ааспыта. Ону санатар инниттэн аныгы көлүөнэ Прокопий Игнатьевич хос сиэнэ Чингиз Николаев билиҥҥи үүнэр көлүөнэҕэ саамай сөбүлээн ыллыыр ырыаларын Олег Газманов «Россия» ыллаан кэлбит дьон боломтотун тардан биһирэбили ылла.
1981 сыл, Ыам ыйын 18 күнүгэр Стасик 6 кылааска үөрэнэ сылдьар кэмигэр Эдьиийэ Надя Дипломнай сааскы кэрэ киэһэ Өлөөн дьоллоох оҕо сааһыгар көмүс түгэн буолан хаалбыт буолуохтаах, ити саҕанааҕы кыра бөлөх үҥкүүһүттэригэр туруоруллубут үҥкүү-остуоруйа «Волк и семеро козлят», кылаабынай оруоллары толорбуттара:
- Ийэ оруолун — Елена Васильева – Голомарева, онтон кэнники Наталья Захарова;
- Бөрө оруолун — Надежда Семенова – Николаева;
- Бөтүүк – Сардана Семенова, онтон Станислав Семенов;
- Козел Ийэ оҕолоро:
1.Анжелика Караваева;
2.Таня Соломонова;
- Лана Спиридонова:
4.Иза Протопопова;
5.Света Алексеева;
6.Оля Иванова;
7.Марианна Саввинова.
Бу ахтыы киэһэтигэр ити остуоруйаҕа үҥкүүлээбит Өлөөн Далбар Хотуттара Изольда Дмитриева, Сардана Симонова, Эльвира Яковлева 80-сылларга «Орончикан» ансамбль «Кыһыл көмүс фондатыгар» киирбит «Сахалыы эҕэрдэ» үҥкүүтүн толордулар уонна Сардана Симонова Станислав Семенов алтыспыт кэмнэрин истиҥник ахтан – санаан ааста.
Стасиктыын дьааһылаҕа, онтон детсакка, Өлөөн Орто оскуолатыгар 1976 сылтан 1986 сылга диэри, 10 сылы быһа бииргэ үөрэммит, «Орончикан» ансамбльга Үҥкүү Кэрэ эйгэтигэр уһуйулла сылдьыбыт бииргэ үөрэммит кылааһын кыргыттарын, Өлөөн Далбар Хотуттарын үҥкүүтэ көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ылла уонна бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Екатерина Иванова ахтан-санаан ааспыта.
Станислав 1986 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран үлэтин Өлөөн Орто оскуолатыгар физика кабинетын лаборанынан саҕалаабыта, онтон Оройуоннааҕы культура Дьиэтин иһинэн үлэлиир Агитационнай культурнай биригээдэ киномеханигынан үлэтин саҕалаабыта. Ыстаадаларга тахсан ыллаан-туойан, киинэ көрдөрөн кэлэллэрэ.
Бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Игорь Сергеевтыын ыччат сынньалаҥын тэрийиигэ күүс-көмө, наһаа идеялаах, фантазиялаах буолаллара, ол саҕана материальнай-техническай база олох мөлтөх буолара, барытын бэйэлэри илиилэринэн оҥорон светомузыканы, түүннэри боростуой лаампалары кырааскалаан сценаны киэргэтэллэрэ, гитараны сүгэ сылдьан ырыа аргыстаах, «Брейк-данс» муодаҕа киирбитигэр тэбис тэҥҥэ Уһук Хоту биһиги уолаттарбыт үҥкүүлүүр буолбуттара, кэлии дьон болҕомтолорун тардан, сөхтөрөллөрө.
1989 сыл Өлөөн культуратын сайдыытыгар кэлэр көлүөнэни Кэрэ Эйгэҕэ уһуйууга күүстээх үлэ барыытыгар, аан бастакы улахан тэрээһин Өлөөннөөҕү комсомол райкомун II сэкэрэтээрэ Ия Федорованы кытта ыыппыт тэрээһиммит кэнэҕэскилээх суолу, аартыгы арыйбыта.
I оройуоннааҕы сахалыы ырыа фестивалын бэлэмниир кэмҥэ Семеновтар Дьиэ кэргэн эбиэттиир, киэһээҥҥи аһылык кэмигэр үчүгэй да идеялар, саҥа сүүрээннэр үөскүүллэр, төрүүллэр этэ. Фестивалы бэлэмнээһиҥҥэ Эдьиийдэрэ тугу гыныахтаахрын торумнуурнуулларын истэн, бу фестиваль саамай сүрүн соруга Өлөөммүт туһунан ырыа элбиирин туһугар, ырыа айыллыахтаах диэн буолбута. Фестиваль ыытыллара олох аҕыйах күн хаалтын кэннэ: «Оо, дьэ, ким да саҥа ырыа суруйумаары гыннылар, биир саамай наадалаах критерийбыт туолумаары гынна» — диэн эдьиийдэрэ Надежда Прокопьевна хомойон кэпсээбит.
Арай биир күн хаалбытын кэннэ, Стасик наһаа дьоллоох сүүрэн киирбит уонна «Маама, мин мелодия айдым, эн Өлөөн туһунан хоһоон суруйаҕын дуо? – диэбит, ону ийэтэ барахсан сөбүлэспит. Стас эдьиийдэрин кытта фестиваль ытык түһүлгэтин бэлэмнии үлэлэригэр сүүрэн хаалбыттар уонна дьиэлэригэр түүн 3 чааска кэлбиттэрэ, ийэлэрэ ырыа тылларын суруйан, Күн сирин «Мин таптыыр Өлөөнүм» диэн ырыа көрбүтэ уонна Стас ити ырыатынан «Авторскай ырыа» иһин номинация кыайыылааҕынан ааттаммыта.
1989 сыл, күһүн, Станислав Семенов Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар кыһаҕа, хореография салаатыгар, бастакы курска үөрэнэ киирбитэ. Дьэ, колеятыгар киирэн үөрэнэ сылдьыбыта, Саҥа Дьыллаары бииргэ үөрэнэр оҕолоругар Лермонтова N200 баар уопсайдарыгар тиийиэхтэрин иннинэ, оҕолору барыларын уопсайтан тахсыҥ — диэн дьоннругар көҥүллээн ыыталаабыттар, онно табаарыһын кытта Толя Долгуновтуун тиийээттэрин, Сайсар күлүгээттэригэр түбэһэн, эчэйэн республиканскай балыаһаҕа киирэн өр баҕайы эмтэнэн, дьиэтигэр Өлөөҥҥө төннөн, кэлэн Оройуоннааҕы культура дьиэтигэр звукооператорынан үлэтин салҕаан, Оройуоннааҕы культура Дьиэтин иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ ис дууһатыттан кыһаллан үлэлээн киирэн барбыта.
1991 сыл, кыһын, Өлөөҥҥө РФ Верховнай Сэбиэтин народнай депутата Андрей Васильевич Кривошапкин быыбардааччыларын кытта көрсө кэлэ сырытта, онно Орончикан ансамбль оҕолорун төрөппүтэ Күн Күбэй ийэ Мария Васильевна Семенованы кытта приемҥа киирэн, оҕолор улаатаннар оскуоланы бүтэрэн, барар кэмнэрэ кэлэн иһэр, хайаан да Саха телевидениятыгар баран уһулууга көмөлөһөрүгэр көрдөспүттэрэ. Андрей Васильевич үөрүүнү кытта сөбүлэһэн, Дьокуускайыгар көтөн хаалбыта.
Кыһын ааһан, кулун тутар ый биир үтүө күнүгэр, Стас баскыһыанньа аайы эдьиийигэр Надялаахха киирэн, телевидения тосхолун көрө киирэр идэлээх буолааччы эбит, ол курдук арай баскыһыанньа киэһэ көрө олорон, олох соһуччу: «Надя, көр бу средаҕа киэһэ 20 чаастан, выступление детского фольклорного ансамбля Оленекского района» — диэн аахпыт, дьэ, доҕоор, үөһээ-аллараа түһүү буолбут оҕолору, түргэн үлүгэрдик хомуйталаат, бэлэмнэнии күөстүү оргуйбут, түүн 1 чааска диэри бэлэмнэнии, таҥас хомунуу, сарсыныгар Дьокуускайга көтөөрү бэлэмнэнии бөҕө буолбут.
Сарсыныгар, биир да куоракка көтөр билиэт суох буолан биэрбит, Надежда Прокопьевна аэропортка тиийэн Таисия Табулинаны кэпсэтэн, оҕолорбутун кытта көтөр буолбуттар, хата рейс баар буолан көтөн, средаҕа Саха телевидениятыгар уһуллар дьолломмуттара. Көр, Стас хайдах курдук, интуициялаах эбитий, ол киирбэтэҕэ буоллар, бу «Орончиканнар» Саха телевидениятыгар уһуллуо суох этилэр. Бу айан туһунан ахтан-санаан ааһарыгар Стасиктыын Оройуоннааҕы культура Дьиэтин Ытык түһүлгэтигэр араас тэрээһиннэргэ кыттааччылар, республика хотугу улуустарынан гастролларга оройуон культуратын, духовноһын тарҕатыыга, Станислав олоҕун саамай дьоллоох кэмнэрин үөлээннээҕэ Сардана Симонова ахтан-санаан ааһыаҕа баһаалыста.
1996 сыллаахха саас, Надежда Прокопьевна куораттан кэлэ сылдьар кэмигэр оройуон Аҕа баһылыга приемҥа ыҥыран баран «Орончикан» российскай программаҕа кыттар кыахтаах дуо уонна кытыннарарга туох нааданый? Ону үлэлэһиэххэ наада диэбит, ону Надежда Прокопьевна:
- Көстүүм тиктэриэххэ;
- Үҥкүү музыкаларын оҥорторуохха;
- Сүүмэрдээһин туурун ааһарга үҥкүүлэри уһулуохха наада;
Дьэ, уонна кытаанах бэлэмнэнии барбыта, биир сылы быһа таҥас тиктэриитэ, үбүн булуу, туруорсуу.
1997 сыл Орончикан ансамбль төрүттэммитэ 15 сыла үүммүтэ. Кулун тутар ыйга Надежда Прокопьевна таҥастара тигиллэн, оҕолору бэлэмнии, үҥкүүлэри уста Өлөөҥҥө кэлбитэ. Оҕолорун кытта спортивнай сааланы студия оҥорон, детсад паластарын хомуйан, маҕан бырастыыналары тигэн, истиэнэлэри сабан бэлэмнээбиттэрин кэннэ, «Өлөөн ТВ» директора Лена Степановна, оператордар Николай Семенов, Христофор Атаков 5 үҥкүүнү устан бэлэмнээбиттэрэ, онтон Надежда Прокопьевна муус устар ыйга Москваҕа тиийэн Останкиноҕа Юрий Николаев студиятын көрдөөн буһуу-хатыы, онтон олох ыксаан эмиэ Андрей Кривошапкиҥҥа приемҥа киирэн записьпын ылан хаалбыта уонна кини көмөлөһөөччүтэ Алевтинаҕа эрийэн, өр да күүппүппүт, балаҕан ыйыгар төрөппүттэр уонна Саха республикатын үөрэҕирии министирэ Евгения Исаевна Михайлова финансовай көмөлөрүнэн «Утренняя звездаҕа» кыттар дьоломмуттара. аны хас Өлөөҥҥө кэллэҕин аайы оҕолору күүстээх дьарыктааһын ситимин быспакка барара.
Ытык Өлөөн талааннарын арыйыыга үлэлээбит айбыт туппут Станислав Семенов бу улахан дьыала хамсыырыгар, тус бэйэтинэн ырааҕы көрөн, баар гына сатыыра. Аҕатын туйаҕын хатаран хаартыскаҕа түһэрэр, аҕата киинэ устар буоллаҕына, Стас видеоплеерга устар үгэстээх буолааччы. Ол курдук, 1997 сыллаахха Орончикан ансамбль «Утренняя звезда» российскай телевизионнай тосхолго кыттыбыт көмүс түгэннэрин үйэтиппит, махталлаах дьыаланы оҥорбутун, бу суох эрэ буолбутун кэннэ өйдүүбүт.
Таптал нарын иэйиитин уруйдаабыт Станислав Семенов наһаа истиҥ ырыалардааҕын Надежда Прокопьевна аудио-альбому таһаарыга үлэлэспит музыкана Сергей Ярмонов — Саха Сиригэр саамай аатырбыт аранжировщик этэн турардаах: «Очень красивые, мелодичные песни у Стаса, мне очень приятно и легко работать с ним».
Кинигэ тахсыытыгар нотаны суруйбут Сергей Зверев аатынан Үҥкүү театрын оркестрын музыкана Афанасий Томскай сөҕөн; «Наһаа да нарын иэйиилээх ырыа айааччы, уникальнай ырыалардаах ырыаһыт олорон ааспыт эбит» — диэн эппитэ да элбэҕи этэр.
«Уһугунна ньургуһун» Станислав Семенов ырыатыгар үҥкүүлээбит «Орончикан» ансамбль кыттыылаахтарыгар Варвара Павловаҕа, Марина Христофороваҕа, Сайыына Павловаҕа, Христина Ефремоваҕа, Айза Семеноваҕа ахтыы киэһэтин кэлэн киэргэппиттэригэр Барҕа Баһыыба буолуохтун!
Станислав Улуу тапталы уруйдуур ырыа айааччы буола үүнэн-сайдан II оройуоннааҕы сахалыы ырыа фестивалыгар иккис ырыатын суруйан сүрэхтээбитэ, ол ырыата Семен Данилов хоһоонугар суруллубута «Хартыына» диэн ааттанан, онтон кэнники «Саргылаана» диэн сүрэхтэнэн «Виктория» радиостанцияҕа иһиллэр буолбута уонна элбэхтик сакаастанар ырыа буолан 2004 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи «Этигэн хомус» күрэх номинана буолар чиэскэ тиксэн Опера уонна Балет Театрын Үрдүк түһүлгэтигэр финалга тахсан ыллыыр чиэстэммитэ.
Истиҥ таптылы уруйдаабыт ырыаһыт, ырыа айааччы Станислав Семенов туһунан ахтан-санаан ааста 1988 сылтан 1994 сылга Оройуоннааҕы культура Дьиэтин директорынан үлэлээбит Валентина Боекова.
Өлөөн оройуонугар вокальнай ускуустуба сайдыытыгар Надежда Прокопьевна 1999 сыл, күһүнүгэр Светлана, Егор Неустроевтары ыҥыран ансамбыллары төрүттээн үлэ саҕаламмыта, «Туой Хайа» республиктааҕы эстраднай ырыа күрэҕин кыайыылаахтарын «Эдэр саас» вокальнай бөлөх кыттыылаахтара хормейстер идэтин баһылаабыт Татьяна Миронова, Розалия Лебедева-Павлова, Ирина Пестерова-Фокина ол саҕана ыллаабыт ырыаларын ыллаан көрөөччүлэри долгуттулар.
Станислав Семенов 2000 сылтан 2003 сылга диэри Культура колледжын, эстраднай салаатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Бу ахтыы киэһэтигэр Культура колледжын бииргэ бүтэрбин үөлээннээҕэ, билигин Саха республикатын культуратын уонна искусствотын колледжын эстраднай салаатын сэбиэдиссэйэ Станисла Олесов ахтыытын видеотын ыытан силигин-ситэрэн, толорон биэрбитэ хайҕаллаах.
Үүнэр көлүөнэни иитиигэ саамай сүдү кылааты «Илкит» Этнокультурнай Киин иһинэн 2000 сылтан 2009 сылга диэри айымньылаахтык үлэлээбит оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ «Дылачакаан» оҕо доруобуйатын уонна эстетическай лааҕыра тэриллэн, Дьокуускай куораттан «Тулуйхан» өрөспүүбүлүкээҕи оҕо эстраднай студиятын салайааччыларын Светлана, Егор Неустроевтары лааҕырга үлэлэтэн күүстээх үлэ барбыта, бу лааҕыры тэрийиигэ Культура салаатын аатыттан үлэлээбит директордарга Ульяна Никифорова уонна Алексей Николаев коллективтарыгар уонна Өлөөн дьоллоох оҕо сааһын төрөппүттэригэр Барҕа махтал тылларын аныыбыт уонна «Илкит» Этнокультурнай Киин иһинэн үлэлээбит «Дылачакаан» оҕо доруобуйатын уонна эстетическай лааҕырын «Оҕо саас» ырыа ансамбылын кыттыылаахтарын толоруутугар «Үүн, чэлгий Өлөөнүм!» ырыа ылланан барыбытын сэргэхситтэ.
Ытык Өлөөн талааннарын арыйарга куруук көмөлөһө, өйүү сылдьыбыт 2000 сылтан 2006 сылга диэри «Илкит» Этнокультурнай Киин директорынан үлэлээбит Саха өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Ульяна Васильевна Никифорова Станиславтыын үлэлээбит сылларын ахтан-санаан ааста.
Үтүөкэн айылҕалаах дойду түһүлгэтигэр айхаллаан көрүстүбүт 2006 сылтан 2019 сылга диэри «Илкит» Этнокультурнай Киин директорынан үлэлээбит Саха өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Алексей Афанасьевич Николаев Станислав туһунан истиҥник ахтан ааста.
2005 сылтан 2019 сылга Кирбэй нэһилиэгэр «Илькээнньи» Этнокультурнай Кииҥҥэ директорынан ананан Саха өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Раиса Семеновна Аммосова ис дууһатыттан кыһаллан үлэлииригэр күүс-көмө буолбут Станиславка махталын биллэрдэ, ол кэнниттэн Үөһээ-Бүлүүттэн Аню – Анна Иванова – Ефремова Станислав айбыт «Хара харах» ырыатын ыллаан эҕэрдэлээтэ.
2005 сыллаахха, кулун тутар ыйга Станислав Семенов учууталларын көмөтүнэн тэриллибит вокальнай ансамбыллары өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалларга күрэхтэргэ салайан кытыннартаабыта, ол курдук 2006 сыллаахха Москва куоракка буолан ааспыт «Новое поколение ХХI века» уопсай национальнай фестиваль – күрэххэ уолаттар вокальнай бөлөхтөрө:
1.Айсен Семенов
2.Ваня Петров
- Коля Готовцев
4.Саша Николаев
үрдүк ситиһиилээхтик кыттан, Лауреат үрдүк аатын сүгэн кэлбиттэрэ, бу ахтыы киэһэтигэр вокальнай квартет толоруутугар «Чэйиҥ, чэйдэ иһиэҕиҥ!» диэн ырыаны истэн көрөөччүлэр дуоһуйдубут.
2006 сыллаахха сүрэхтэрин сылаас иэйиитинэн угуттанан Станислав, Евдокия Семеновтар дьиэ кэргэнинэн сайыҥҥы лааҕырга дьарыктаммыт оҕолорун илдьэ «Полярная звезда» өрөпүүбүлүкэтээҕи телевизионнай фестивальга ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ, ол саҕана Сайа Голомарева кып-кырачаан саҥа оскуолаҕа киирээри сылдьар кэмэ этэ, дьонноругар Дьокуускай куоракка түһэн, олох биир да күрэхтэригэр хойутаабакка кэлэллэрэ, Сайа Станислав Прокопьевич дьиэтигэр киирэн кэлэн салайааччытын кытта астына-астына, хайаан да сиэттиһэн күрэххэ кытта баралларын Мария Николаевна, Евдокия кэпсииллэрэ. Өлөөн талааннаах ыччаттарын кэлэр кэскиллэрин кытта эппиэтинэстээхтик үлэлээбит үлэлэрэ Сайа «Орончикан» ансамбылы кытта Италияҕа баран, этнофольклорнай бөлөх солистката буолан айымньылаахтык кыттыбыта уонна бу аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэтээҕи Бакалдын Саина аатынан «Эстраднай, фольклорнай ырыа» күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттан Өлөөнүн аатын көмүскээтэ. Сырдык сыдьаай аргыстанан, ахтыы киэһэтин көрөөччүлэрин иннитигэр Сайа Голомарева ыллаан эҕэрдэлээтэ.
«Илкит» Этнокультурнай Киин иһинэн сыл аайы оройуоннааҕы сахалыы ырыа фестивалын ыытыыны сайын студеннар каникулларыгар кэллэхтэринэ, хас биирдии үлэһит бэлэмниэхтээх диэн – өйдөбүлү күүскэ өйдөөн, бу фестивальга кыттан ырыа нөҥүө дойдуга тапталы иитэр суолталаах ыытыллыбыта, ыытыллара, ол курдук Стас 2008 сыллаахха культура үлэһиттэрин планеркатыгар сорудах бэриллибитин кэннэ, сарсыныгар мин Христофор Васильевы кэпсэттим, бэлэмниибин – диэн астынан отчуоттабытын үлэһиттэр өйдүүбүт. Ол курдук, дохсун ытыс тыаһынан Ахтыы киэһэтин түһүлгэтигэр 2008 сыллаахха ыытыллыбыт «Өлөөн эбэ үрдүгэр» сахалыы ырыа фестивалын Кылаан кыайыылааҕа Христофор Васильев истиҥ ахтыытын уонна ырыатын бэлэхтээтэ.
Киһи тоҕо төрүүрүй? Олох араас өҥнөрүн, үөрүүнү, кутурҕаны, өрөгөй үлэни өссө төгүл түөһүнэн тыыраары, өссө дириҥник сайдаары. Оҕо төрөтөөрү, Киһи буолаары, Аҕа ууһу салҕаары – диэн туран Күөх экраҥҥа Станислав Семенов кыра уола Айтал Семенов «Махтал» оҕо симфоническай оркестрын кыттыылааҕа көрөөччүлэри эҕэрдэлээтэ.
Бу ахтыы киэһэтин ис дууһаларыттан Үтүө мааны Өлөөн Кийиитэ Татьяна Готовцева, Өлөөн Күтүөтэ Алексей Николаев салайан ыыппыттарын иһин махтанабын.
Бу тэрээһини бэлэмнииргэ үлэлээбит коллегаларбар видеолары көрдөөн, оцифровкалаан бэлэмнээбит Вера Ларионоваҕа, бу ахтыы киэһэтин концертнай программатын бэлэмнээбит Раиса Аммосоваҕа, Станислав Семенов презентациятын бэлэмнээбит Ульяна Никифороваҕа, материаллары Дьокуускай куораттан хомуйан ыыппыт Евдокия Семеноваҕа Барҕа Баһыыба тылларын аныыбын.Норуоккут туһугар үлэҕит өссө таһаарыылаах буоллун!
Күндү Өлөөммүт дьоно-сэргэтэ! Станислав Семенов олоҕун ахтыытын киэһэтин тэрийиигэ, ыытыыга кыттыыгыт төрөөбүт оройуоммут культурата, духовноһа өрүү үүнэ-чэчирии, сайда турарыгар кыах биэрэҕит, үлэлээн ааспыт дьоммут ааттарын үйэтитиигэ күүс – көмө буолбуккутугар өссө төгүл Барҕа махтал буоллун! Баҕарабыт олох тэтимин кытары тэҥҥэ хардыылаан үрдүктэн үрдүк кирбиилэри, ылыммыт инники соруктаргыт олоххо киирэллэригэр, тус олоххутугар дьолу-соргуну!
Махталы, тапталы кытта Станислав улахан эдьиийэ
Надежда Николаева