Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарыгар, эдэркээн ыччаттарыгар көмө –тирэх буолаары Кирбэй нэһилиэгин уопсастыбаннаһа түмсэн акцияларга кытта сылдьар.
Бу сыл иккис кыбаарталыгар сылаас таҥас, буорту буолбат аһылык, эмп-томп хомуллубут. Уопсай хомуллубуту барытын харчытынан аахтахха 68044 (алта уон аҕыс тыһыынча түөрт уон түөрт) солкуобайга тэҥнэһэр. Ийэлэр, булчуттар көмөлөрүнэн хаппыт эт бэлэмнэммит.
Хомуллубут, хатарыллыбыт барытын оройуоннааҕы анал салайар ыстаапка туттарыллыбыт. Харчыннан көмөтө “Сигундер” анал көмө пуондатын счетугар киирбит.
Көмөлөһөр акциялартан Харыйалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эмиэ туора турбаттар. Бастакы, иккис, бэһис кылаастар салайааччылара Ариадна Алексеевна, Сардана Петровна, Лена Степановна үөрэнээччилэрин кытта сибэкки рассаадата атыылаабыт 10000 (уон тыһыынча) солкуобай харчыларын анал счекка киллэрбиттэр.
Дойдуларын туһугар туруулаһа, аччыктыыры, сылайары аахсыбакка, өстөөх буулдьатын аннынан сылдьар уолаттарбытыгар, дьоннорун илиилэринэн бэлэмнэммит сылаас таҥастарын, төрөөбүт төрүт астарын тутан төһөлөөх үөрэллэрэ буолуой, бэйэ сириттэн кэлбити тутар хас да төгүл үөрүүлээх, күндү буолуо диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
“Дойдум сылаас тыына” акция салҕанан барар, бары көхтөөхтүк кыттан уолаттарбытыгар кыайыылаах кэлэллэригэр күүстэ-уохта эбиэххэ.
Бары көхтөөх Кирбэй нэһилиэгин олохтоохторугар, оскуола үөрэнээччилэригэр махтанабыт.
Надежда Колодезникова