Үлэбит ситиһиитэ-бүтүн кэлэктиип киэн туттуута

Мин, 1986 сыллаахха Дьокуускайдааҕы 2 нүөмэрдээх педагогическай училищены бүтэрбитим, оскуола иннинэ саастаах оҕолору иитээччи идэтин ылбытым. Бу сыл үөрэх министиэристибэтэ эдэр специалистар хоту дойдуга олус наадалар диэн, Өлөөн оройуонугар үс кыыһы үлэҕэ анаабыта. Бу сиргэ кэлиэм инниттэн Өлөөн кыргыттарын кытта бииргэ олороммун бу дьикти айылҕалаах, таба кыыллаах хоту дойдуну билбитим. Бу бииргэ үөрэммит кыргыттарым нөҥүө Өлөөн оройуонун үлэһит, үтүө уолун Сергей Петровтуун билсэн, ыал буолан, эбэҥки норуотун ыччаттарын төрөтөр аналламмытым. Иккис дойду оҥостубут дойдубун- Өлөөнү, кини ыалдьытымсах, аламаҕай дьонун-сэргэтин, айылҕатын сөбүлээтим, олохсуйдум.

Кэлэрбэр, үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйинэн Иннокентий Прокопьевич Павлов үлэлиирэ.  Кини бирикээһинэн “Кэнчээри” дьааһыла-садка иитээччинэн үлэҕэ киирбитим, уонна 1996 сылга дылы үлэлээбитим. Үлэлиир сирим, дьааһыла-саад 1935 сыллаах ха тутуллубут, оройуон бастакы тутууларыттан биирдэстэрэ этэ, бөһүөлэк киин сиригэр, Октябрьская уулуссаҕа турара. Иитээччинэн үлэлии сырыттахпына, кулун тутар  16 күнүгэр, оччотооҕу оройуон үөрэҕириитин салайааччыта Елена Христофоровна Голомарева ыҥыран ылан, бу дьааһыла-саадка сэбиэдиссэй буол диэн, испииһэккэ үһүс кандидатуранан киирбитим. Коллектив иһигэр куоластааһын ыытыллыбытыгар миигин талбыттара. Дьэ, ол анаммыт күммүттэн күн бүгүҥҥэ дылы уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, уопсайа 28 сылбын бу дуоһунаска үлэлии сылдьабын. Миигин салайааччы буоларга этии киллэрбит, талыллыбыппар алҕаабыт салайааччыбар Елена Христофоровнаҕа улахан махталлаахпын. Үтүө киһи алгыһынан саҕаламмыт үлэм үтүө түмүктэрдээҕиттэн олус астынабын.

Салайааччы үлэтэ элбэх араас боппуруостардаах буоллаҕа, бастаан утаа сатаабатым, билбэтим да элбэх буолара. Ол эрээри, мин дьолбор, Анна Егоровна Николаева диэн олус бэрт наставниктаах этим. Кини миигин элбэххэ үөрэппитэ, кини мындыр салайыытынан сайдан испитим. Аан бастакы өйүм-санаам оҕону элбэтиигэ уонна оҕо иитиллэр дьиэтэ истиин- тастыын тупсаҕай буолуохтаах диэн этэ. “Кэнчээри” тэрилтэ дьааһыла диэн статустаах маҥнай үс эрэ группалаах этэ, биир сааһыттан-үс сааска дылы оҕолор сылдьаллара. Онуоха, иитээччи статуһун өрө таһаарар сыалтан, улахан биир группаны эбэн дьыссаат статуһугар үлэлэстибит, эбии түөрт штаты туруорсан ыллым. Дьэ, баҕа санаам хоту дьиэбитин киһи санаата, кута-сүрэ тохтуур гына оҥордубут, үлэһиттэр үлэлэрин сөбүлээн үөрэ-көтө кэлэллэр, уһун кэмҥэ үлэлиир буоллулар, ол иһин быстах үлэһит суоҕун да курдук буолла. Ирдэнэр докумуоннарга үлэлэһэн баһаарынай, СЭС, медзаключение, үөрэх лицензиятын бириэмэтигэр ыллыбыт. 2014-2015 үөрэх дьылыгар аварийнай туруктаах дьиэбитин оройуон оччотооҕу баһылыга Александр Иванович Иванов хамыһыйа бэрэссэдээтэлэ буолан, дефектнэй акт суруйан, үлэлиир кыаҕа суох диэн сабан кэбиспитэ. Ол барыта биһиги үлэбитин чэпчэтэн, сылаастык, тоҥмокко үлэлээтиннэр диэн улахан өрөмүөнү ыыттараары итинник дьаһаммыта. Кырдьык, үтүө санаалаах баһылыкпыт үлэ бөҕөнү оҥорторон улаханнык абыраабыта. Ити дьааһыла-саадпыт сабыллыбыт күнүгэр, биһиги үлэһиттэр, төрөппүттэрбит күүстэринэн түүннэри музыкальнай оскуолаҕа буранынан көспүппүт. Бу олунньу ортото этэ. Дьэ, онно Александр Иванович олус да сөхпүтэ!

Биир улахан ситиһиинэн, 2014-15 сс. бэһис группаны арыйыы буолбута, онно эмиэ түөрт үлэ миэстэтин эбии туруорсан ылбыппыт. Бу музыкальнай оскуолаҕа икки сыл үлэлээтибит. Саҥа дьааһыла-саадпыт тутуута 2017 сылга саҕаланна.  Үлэ 2018 сыл атырдьах ыйын 29 күнүгэр  түмүктэннэ, балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр оҕолору ыламмыт, үлэбитин саҕалаабыппыт. Кырачаан иитиллээччилэргэ сабыс-саҥа, көрүөхтэн сиэдэрэй, ыраас, сырдык, кырдьык даҕаны, оҕо саарыстыбатын аана аһыллыбыта.  Детсадка киирэрбитигэр барыта тупсагай аныгылыы мебеллээх, бары ирдэбилгэ эппиэттиир сырдык сылаас, кэрэ уьуйаанна киирбиппит.

Үлэлииргэ, оҕону иитэргэ усулуобуйа бары баар буолла, аны тэрилтэбитигэр дьоһун ааты ааттыырга бигэ санааны ылынаммыт, оскуола иннинэ саастаах оҕолор тэрилтэлэригэр өрөспүүбулүкэҕэ маҥнайгынан “Центр развития ребенка имени Анны Спиридоновны Саввиновой” ылынныбыт. Маннык толкуйдааммыт, биһиги тэрилтэҕэ 17 сыл уһуннук сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, оҕо иитиитигэр дириҥ билиитин, бары кыаҕын биэрбит убаастабыллаах бэтэрээммит аатын үйэтиттибит. Анна Спиридоновна аатын, үлэлээбит сылларын мемориальнай дуоска суруйан таас дьиэбит үлэҕэ киирэригэр ыйаабыппыт. Оройуон олохтоохторун  ортотугар оҕо көмүс ньээкэ уйата – таас дьиэ  үлэҕэ киирэрэ улахан событие, бырааһынньык буолбута. Алгыс тылларынан аһыллыбыт тэрилтэбит ситиһиилэрэ сылтан сыл аайы элбээн испитэ. Ол курдук, оройуон иһигэр “Элээн оройуонун сыл бастыҥ тэрилтэтиттэн” саҕалаан “СР тыатын сыл бастыҥ дьыссаата”, “Арассыыйа сыл бастыҥ дьыссаата” буолар чиэскэ тиксибиппит. Бу барыта тэрилтэбит биир тыынынан үлэлиирин, үлэһиттэр таһымнара үрдүгүн бэлиэтиир. Дьиҥинэн ыллахха, киэҥ Арассыыйа туонатыгар тыһыынчанан ааҕыллар оҕону иитэр тэрилтэлэр бааллара биллэр, олор истэригэр Уһук хоту олорор тыа “Кэнчээри” уһуйаана сыл түмүгүнэн бастыҥынан ааттаммыта биһигин ыраахха кынаттыыр. Ол да иһин, үлэһиттэр үлэлиир баҕалара күүһүрэр, идеялара күн аайы тобуллар, саҥаны киллэрэргэ баҕалаахтар.

Бүгүҥҥү туругунан уһуйааҥҥа 35 үлэһит баар, о.и. 13 педагог, кинилэртэн 10 киһи үрдүк категориялаах, о.и.  40% Россия уонна СР үрэҕириитин туйгуннара бэлиэлээхтэр.

Үлэбит үс бырайыагынан үлэлиир. Бастакытынан,” Эркээйи эргиирэ” Регтональнай бырайыакка төрүөҕүттэн оҕо 21 сааһыгар дылы төрөөбүт тылын сайыннарыыта. Бу үлэ үс түһүмэхтээх, пилотнай площадка буолбуппут. Өлөөҥҥө олорор оҕо икки тылы буккуйан саҥарара элбэх. Ол иһин сахалыы да, нууччалыы да олус үчүгэйдик саҥарбаттар. Ол иһин, кырачааннар иккис  группаларын (вторая младшая группа) уу сахалыы ыраастык саҥарары үөрэтиигэ ылыстыбыт, саха төрүт сиэрин-туомун билиһиннэрэн сайыны көрсөр ыһыах ыстыбыт,олоҥхону билиһиннэрдибит . Үчүгэйэ диэн төрөппүт кыттыста, сэҥээрдэ. Олоҥхо персонажтарын куукулары илиинэн оҥорон, таҥастарын тигэн биэрдилэр. Маны таһынан, сэргэ, чаппараах панно, быысапканан тиктилэр.

Иккис бырайыакпыт “Растем Россией, Растем Якутией” диэн лонгитюднай чинчийии- научнай методынан  ыытыллар российскай бырайыак. Манна эмиэ пилотнай буолбуппут.  Москуба Государственнай университетын учуонай быраастарын кытта бииргэ үлэлэһии дуогабарын түһэрсибиппит. Дуогабар сүнньүнэн, бастакытынан, хоту улуустарга төрөөбүт оҕолор доруобуйалара Саха сирин киин уонна Россия куораттарыгар олорор оҕолор доруобуйаларын уратытын чинчийии, иккиһинэн хоту дойдуга олорор оҕолор аһыыр астара доруобуйаларыгар төһө иҥэмтэлээҕий? Бу боппуруостарга оло5уран икки учуонай быраастар кэлэн 8лэлээн бардылар. Москуба лабораториятыгар чинчийии ыытаары о5олор баттахтарын, ты4ырахтарын кырыйан илдьэ бардылар. Бастакы тэҥнээһиннэр төрөппүттэр электроннай почталарыгар кэлитэлээтилэр. Чинчийии түмүгүнэн, иитиллээчилэрбитигэр күн уота тиийбэтэ, организмнарыгар йод тиийбэтэ, иһэр уулара испиэскэ суурадаһыннааҕа биллибит, онон тиистэрэ алдьанар (кариес зубов) эбит диэн быһаарбыттар. Түмүгэр, Д битэмиини иһэргэ, бириэмэттэн бириэмэтигэр втаминизация барарга, йодированнай тууһунан туттарга сүбэлииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, оҕолор рационнарыгар диэн йодированнай тууһу сакаастаатыбыт.

Үһүс бырайыагынан, СӨ Ил Дархан Гранын иһинэн Служба ранней помощи для детей младших дошкольников и детей инвалидов диэн.Бу бырайыакка харчынан буолбакка, 38 кэрун огону кытта улэгэ психологическай сулууспа кабинетын (дидактическай матырыйааллаах, миэбэллээх, компьютернай комплектаах) ылан үлэлэтэ сылдьабыт. Республикаҕа уон оҕо тэрилтэтэ ылбыт буоллаҕына, хоту улуустартан соҕотох биһиги уһуйаан ылан олорор.

Бу ситиһиллибит үлэлэлэрбитин ааспыт кэмҥэ уонна билиҥҥи кэлэктииппит биир киһи курдук үлэлээн -хамсаан ситистэ.Тэрилтэҕэ билигин уонча бэтэрээннээхпин, дьон-норуот түмсэр күнүгэр Маайга уонна кыайыы күнүгэр хайаан да ыҥыран маанылыыбыт, үтүө тыллары аныыбыт, кинилэртэн алгыстарын ылабыт, күргүөмүнэн үөрэн-көтөн иһирэхтик көрсөбүт. Кинилэринэн биһиги киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Ылан көрүөҕүҥ, Типянова Наталья Егоровна бу тэрилтэҕэ 50 сыл ньээҥкэнэн үлэлээбитэ, үлэ киниискэтигэр биир эрэ бэлиэтээһиннээх, Тамара Степановна Гаврильева медсестранан, сэбиэдиссэйинэн, Надежда Игнатьевна Дмитриева иитээччинэн, Таисия Васильевна Павлова поварынан үлэлээбиттэрэ. Бэйэм биир да киһини араабакка, барыларын тэҥҥэ тутабын. Саастара кэлэн, үлэлээн бүттэхтэринэ хайаан да, чиэстээн-бочуоттаан атаарабын “Биһиги бэтэрээннэрбит” диэн Бочуот дуоската тэрилтэбитигэр ыйанан турар. Онно хаартыскалара, ааттара-суоллара, үлэлээбит сыллара, ылбыт наҕараадалара суруллан турар.

Билиҥҥи кэлэктииптэн үрдүк категориялаах иитээччи, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, элбэх бырайыактар ааптардара, оройуоҥҥа бастакынан” Чообуо чооруостар” оҕону уус-уран ааҕыыга алтыс күрэх тэрийбит Екатерина Павловна Степанованы, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Эбэҥки национальнай оонньуулара бырайыак ааптара, Игры Орончикана өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр бириистээх миэстэлэри ылар оҕолору бэлэмниир  Оксана Николаевна Иванованы, эбэҥки тылын үөрэтиигэ авторскай карточкалары айбыт, “Кубики Зайцева” методынан бэлэмнэнии бөлөҕүн ааҕарга үөрэтэр Ил Дархан Гранын ылбыт Дария Семеновна Иванованы,  эдэрдэртэн оройуонна ыытыллыбыт курэххэ” Бастыҥ иитээччи – 2022 “ааты ылбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ “Мастер своей профессии” номинациялаах, Сонор авторскай бырайыактаах Любовь Ивановна Николаеваны, Бастыҥ иитээччи -2017 с. оройуон иитээччилэрин күрэҕин кыайыылааҕа , өрөспүүбүлүкэҕэ күрэҕин номинана Санаайа Васильевна Поскачинаны киэн тутта ааттыыбыт.

Ситиһиибит — бүтүн кэлэктиип киэн туттуута. Быйылгы үбүлүөйдээх сылбытыгар ситиһиллибит үлэни ааспыт кэмҥэ бары дуоһунаска үлэлээн ааспыт үлэһиттэр сырдык ааттарыгар аныыбыт. Тэрилтэ аан бастаан арыйыллыыта, аан маҥнайгы үлэлэр оччотооҕу кэмҥэ ыарахаттардаахтара биллэр. Ону ол диэбэккэ, бары ыарахаттары ааһан, бу бүгүҥҥү сайдыылаах олоххо эбэҥки норуотун олоҕун салгыырга, кэнчээри ыччат сарсыҥҥылаах буолуутугар суол уурулуннаҕа. Маҥнайгылар олук уурбут суолларынан биһиги чиҥник, биир өйүнэн-санаанан иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыыбыт, төрөөбүт норуоппут кэнчээри ыччатын иитэбит. Өссө да инникилээх, элбэх араас интэриэһинэй бырайактардаах бүгүҥҥү “Кэнчээри” кэлэктиибэ үлэлиир-сайдар баҕа санаата баһаам, үлэлииргэ бэлэм!

Алла Тарасовна Петрова, “Кэнчээри” уһуйаан сэбиэдиссэйэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,  СӨ “ Оҕону оскуола иннинээҕи иитиигэ кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, Өлөөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР үөрэҕириитин туйгуна, оройуон I, II, III, IV ыҥырыылаах мунньаҕын депутата, Өлөөннөөҕү “Биир Ньыгыл Россия” партия толорор сэкирэтээрэ

 

Читайте дальше